Таммахтар, таммахтар, таммахтар,
Чурулуу-чурулуу таммахтар.
Күн уотун күүһүттэн тиллэннэр
Көйгүөрэн, көйгүөрэн эрэллэр.
Саас кэллэ, саас кэллэ дэһэллэр,
Сырдыктар, сырдыктар, сэргэхтэр.
Кырыысам үрдүттэн кылыйсар
Кылыкын, кылыкын таммахтар.
Турабын аһаҕас түннүккэ,
Турабын, турабын, көрөбүн:
Таммахтар үөрэллэр-көтөллөр.
Мин эмиэ, мин эмиэ үөрэбин.
Ырааһын салгыммыт биһиэнэ.
Тыыныахха, тыыныахха чэбдигин.
Таммахтар сүрэхпэр саҕаллар
Күн өспөт, күн өспөт чаҕылын.