Ыал буолар күҥҥүтүгэр
Ыҥырыллан кэллибит,
Ытык бэлиэ кэмҥитигэр
Алгыс тылы этэбит.
Хос ырыата:
Дьоллоох буолуҥ, дьоһун-мааны ыал дэтиҥ,
Үөрүү-көтүү үйэлээҕин эрэ билиҥ.
Сырдык уоттаах, итии дьиэлээх
Сылайбыты сынньатар,
Дэлэй уйгу-быйаҥ астаах
Кэрэхсэнэр ыал буолуҥ.
Хос ырыата.
Өйдөһөҥҥүт-өйөһөҥҥүт
Өрүү маннык таптаһыҥ,
Оҕолонон-урууланан
«Ийэ-аҕа» дэттэриҥ.
Хос ырыата.
Доҕотторбут, дьоллоох буолуҥ,
Дьоллоох буолуҥ!