Мунчааран туран соҕотох
Санаатым мин ааспыты,
Долгуйа-сонньуйа,ахта
Эйигин - мин оҕо сааспын.
Хос ырыата:
Оҕо сааһым,ойор күнүм
Миигиттэн эн куотума,
Үөһэ үрүҥ былыт буолан
Тыалы кытта көтүмэ.
Билигин эйиигиттэн мин
Туспа кытыл буолан тэйэн,
Саас хаар ууллан эрэрдик
Арахсан эрэбин мунчааран.
Хос ырыата.